November 23, 2022

Иһирэх көрсүһүү буолла

Г.И. Чиряев аатынан 1 №–дээх оскуолаҕа кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолла. Владимир Васильевич Васильев аатынан Бүлүүтээҕи норуодунай хор кэлэн ыалдьыттаата. Көрсүһүү Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна үөрэнээччилэри дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр сыаллаах ыытылынна. Клара Егоровна Саввинова, "Албан аат" музейын үлэһитэ, биһиги улууспутуттан буойун-учууталлар хорсуннук сэриилэспиттэрин кэпсээтэ. Учуутал-офицердар тустарынан кинигэ тахсыбытын билиһиннэрдэ. Ону таһынан хор кэлэктиибэ дойду араас куораттарыгар айаннарын уонна “Ильмен” ытык күөлгэ сылдьыыларын туһунан Евгений Романович Алексеев, Н.Г. Чернышевскай аатынан педагогическай колледж учуутала, сиһилии кэпсээтэ. Оҕолорго саха бастакы профессиональнай композитора М.Н. Жирков олоҕун, айар үлэтин туһунан ахтан аастылар. Кини суруйан хаалларбыт хас да ырыаларын ыллаан иһитиннэрдилэр. Үөрэнээччилэр олус элбэх билиини ылан, ырыаларын кэрэхсээн, астына истэн тарҕастылар.

Дарина Алексеева, ,

видеону таҥна Оля Николаева,

8 кылаас үөрэнээччилэрэ,

“Ориентир” пресс-киин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ